Ыстатыйаны саҕалыырга көмөлөһөр Сирдьит баар. Сигэтин аллара маннык кинигэ ойуутун таһыгар булуоҥ .
Сахалыы буукубалар браузергар тахсыбат буоллахтарына маны баттаа
Бикипиэдьийэ — бу элбэх омук тылынан суруллар аһаҕас энциклопедия
Манна ким баҕалаах талбыт ыстатыйатын уларытар эбэтэр саҥа ыстатыйаны суруйар кыахтаах.
Билигин Бикипиэдьийэҕэ 13959 сахалыы, уонна атын 294 омук тылларынан өссө 50 мөлүйүөнтэн тахса ыстатыйа баар.
|
- Саргы-дьаалы Сахам тыла,
- Айхал-алгыс Сахам тыла,
- Уруй олук Сахам тыла,
- Күн бэлэҕэ Сахам тыла,
- Эйигин мин ыҥырыаҕым,
- «Ийээ!» диэммин хаһыытыаҕым.
- Тоҕойдору туораан ис,
- Арҕастары ааһан ис,
- Саргы дьайаан Сахам тыла,
- Сарыал санаа — Сахам тыла!
- Бүөтүр Тобуруокап
|
|
|
|
Бырайыак кылгас историята маннык — бастаан 2006 сыл бүтэһигэр: бу тугуй, тоҕо атын омуктарга баарый, биһиэхэ суоҕуй, — диэн ыйытыылар кэнниттэн: арай?, тоҕо сатаныа суоҕай? — диэн саарабыл кэнниттэн: ээ, чэ холонон көрүөххэ, — диэнтэн тахсыбыт суол.
Кыттар дьон араас идэлээх, араас дойдуга олорор, саастарынан эмиэ тэҥэ суох дьон.
Биһиги санаабытыгар дьон элбэхтик кытыннаҕына, бэрт эбит диэн биһирээтэҕинэ, сүрдээх, кэскиллээх буолар туруктаах бырайыак. Английскайдыы, нууччалыы салаалар балысханнык сайда тураллар, онон Бикипиэдьийэ сотору кэминэн аатырбыт Британниканы куоһарар кыахтаах. Күн-түүн ис хоһооно да тупса, ыстатыйатын ахсаана да элбии турар.
|
|
Кулун тутар 9 күнэ
Арассыыйаҕа геодезия уонна картография үлэһиттэрин күнэ.
Түбэлтэлэр
- Б.э.и. 141 сыл — У Хань диэн аатынан биллибит Лю Че импэрээтэр Кытайга Хань династиятын ыраахтааҕыта буолбут.
- 1009 — Литва туһунан аан бастаан сурукка — Кведлинбург манастыырын хроникаларыгар — ахтыллыбыт.
- 1226 — Хорезм султаана Джалал ад-Дин Грузия киин куоратын Тбилисини сэриилээн ылбыт.
- 1230 — Болгария ыраахтааҕыта Иван Асень II Клокотница аттынааҕы кыргыһыыга гириэктэр Фессалоники импиэрийэлэрин Феодор Комнин ахсаанынан баһыйар сэриитин үлтү сынньыбыт, ыраахтааҕыны уонна кини дьиэ кэргэттэрин билиэҥҥэ ылбыт. Билиэҥҥэ түбэспит гириэк аармыйатын саллааттарын ыыталаан кэбиспитин түмүгэр, кэлин элбэх Фессалоники импиэрийэтин куората утарылаһыыта суох болгаардарга бэриммитэ.
- 1617 — Нуучча-швед 1614—1617 сыллардааҕы сэриитэ Столбовскай эйэ сөбүлэҥин түһэрсиитинэн түмүктэммит. Новгород куорат Арассыыйаҕа төннөрүллүбүт.
- 1776 — Шотландия экэнэмииһэ уонна бөлүһүөгэ Адам Смит «Норуоттар баайдара» диэн кинигэтэ тахсыбыт.
- 1804 — Франция Луизиана штааты АХШ-ка биэрбит.
- 1831 — Алжирга Франция Омук легиона тэриллибит. Алжир тутулуга суох буолбутун кэнниттэн (1962) ыстаап-кыбартыырата Парижка көспүтэ.
- 1891 — Александр III ыраахтааҕы Транссибирскэй тимир суолу тутар туһунан ыйаах таһаарбыт.
- 1901 — урукку истиилинэн олунньу 24 күнүгэр «Сыаркап биэдэмэстэригэр» Синод олунньу 21-22 күннэринээҕи Лев Толстойу Нуучча православнай сыаркабыттан атарахсытар быһаарыыта бэчээттэммит.
- 1918 — Сэбиэскэй Арассыыйа киин куората Петроградтан Москубаҕа көһөрүллүбүт.
- 1929 — ЯЦИК саха тылын суругун-бичигин биирдэһиллибит (унификацияламмыт) түүр-татаар алпаабытыгар көһөрөргө диэн быһаарыы ылбыт.
- 1932 — Маньчжоу-го үрдүкү баһылыга Пу И дуоһунаска киирбит.
- 1937 — Бүтүн Саха сиринээҕи Сэбиэттэр суһал ыҥырыылаах IX сийиэстэрэ САССР саҥа Көнүстүүссүйэтин бигэргэппитэ. Манна автономнай өрөспүүбүлүкэ анал туруга, бырааба уонна боломуочуйалара чопчуламмыттара.
- 1951 — Югославияҕа Сэбиэскэй Сойууһу буруйдуур «Үрүҥ кинигэ» бэчээттэммит.
- 1953 — Москубаҕа И. В. Сталины көмүү кэмигэр үтүрүһүүттэн-анньыһыыттан сылтаан сүүһүнэн дьон тэпсиллэн өлбүт.
- 1956 — Сэбиэскэй аармыйа Никита Хрущёв бирикээһинэн Тбилисигэ буолбут демонстрацияны хам баттаабыт.
- 1959
- КНР-га Тибиэккэ өрө туруу саҕаламмыт. 1962 сыл кулун тутарыгар биирдэ хам баттаммыта.
- Нью Йорк куоракка саҥа оонньуур көрдөрүллүбүт — Barbie диэн куукула.
- 1961 — Далай Лаама Тибиэт тутулуга суох буолуутун сөргүтэр туһунан ХНТ-га ыҥырыы оҥорбут.
- 1990 — Берлиҥҥэ икки Германия холбоһоллорун туһунан кэпсэтии саҕаламмыт.
- 1991 — 27 Сойуус уонна Арассыыйа өрөспүүбүлүкэлэрин кытта бииргэ оҥоһуллубут саҥа Сойуус сөбүлэҥин барыла (нууч. проект Союзного договора) бэчээккэ тахсыбыт. Барылга өрөспүүбүлүкэлэр Сойуус уонна Арассыыйа таһымнаах диэҥҥэ араарыллыбатах этилэр. Ол эрээри маннык балаһыанньаны сөбүлээбэккэ ССРС бэрэсидьиэнэ Горбачев уонна 9 Сойуус өрөспүүбүлүкэтин салайааччыта балтараа ыйынан муус устар 23 күнүгэр Сойуус дуогабарын Сойуус өрөспүүбүлүкэлэрэ уонна ССРС бэрэсидьиэнэ эрэ баттыахтаахтарын туһунан сайабылыанньа оҥорбуттара.
- 2010 — Ииндийэҕэ дойду түмэнин кырата үс гыммыт биирэ дьахталлартан туруохтааҕын туһунан сокуон ылыныллыбыт.
Төрөөбүттэр
Өлбүттэр
- 1985 — Александра Корнилова — 1967-1972 сылларга Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэстээтэлин солбуйааччы, 1972-1984 сылларга Саха АССР Статистикаҕа управлениетын салайааччыта, 1958-1959, 1967-1972 сылларга Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата.
- 2003 — Сергей Кистенев (06.01.1949 Мухтуйаҕа төр.) — Халыманы чинчийбит археолог, устуоруйа билимин хандьыдаата.
- 2003 — Семен Ковлеков (20.09.1930 төр.) — Саха АССР устуоруйатын, идэлээх сойуустарын уонна тыатын хаһаайыстыбатын чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата, доцент
- 2008 — Варвара Семенникова — 117 сааһыгар дылы (үс үйэҕэ) олорбут Саха Сирин биир кырдьаҕас олохтооҕо. 1890 сыллаахха Хатыҥнаахха (билигин Эдьигээн улууһун сирэ) төрөөбүт, омугунан эбэҥки, Анаабыр Сааскылааҕар олорбута.
Соторутааҥы ыстатыйалар
Ааҕыҥ, көннөрүҥ
Бу күннэрдээҕи уларыйыылар - ким тугу суруйбутун көрүөххэ сөп.
Бу саҥа ыстатыйалар, онон өссө чочулла илик буолуохтарын сөп. Алҕастаах буоллахтарына харса суох көннөрүҥ.
|
|
Бүгүҥҥү ойуу
Anemonia viridis актиния, Аррабида паарка, Португалия
Үчүгэй (сэргэммит) ыстатыйа
Аттила (395 сыл саҕаттан – 453 сыллаахха диэри олорбута)
Гунн принца, 434 сылтан ыла гуннар улуу хааннара, Хотугу император.
(өссө…)
Бастыҥ ыстатыйа
Яков Федорович Санников (1844—1908) — өбүгэлэрин үгэстэрин тутуһан нуучча уонна омук полярниктарыгар сүҥкэн улахан үтүөнү-өҥөнү оҥорбут саха атыыһыта. Кини суон сураҕа Муустаах байҕал кытыытынан эрэ буолбакка, бүтүн Россия үрдүнэн биллибит. Булуҥҥа былыр «халлааҥҥа таҥара, биһиэхэ Яков Санников» дииллэр эбит. 1886 сыллаахха доктор Бунге экспедициятыгар көмөлөспүт. 1894 сыллаахха барон Толль Ф.Нансеҥҥа депо тутарыгар көмөлөспүт. Ол өҥөлөрүн иһин икки кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт (онтон биирин Швеция ыраахтааҕыта Оскар биэрбит).
(өссө…)
Көмүөл күүһэ
Бүгүн бу ыстатыйалары тупсарабыт, тылбаастыыбыт:
Амма улууһа — Бастыҥ ыстатыйаҕа хандьыдаат
Ыстатыйаны уларытыы киинэ курдук көстүүтэ: Көмө:1-кы уруок
Ыҥырыы
Хаһыаттарга, сурунаалларга, атын да сирдэргэ Бикипиэдьийэни ахтыбыт буоллахтарына биһиги үөрэбит. Тоҕото өйдөнөр — ол аата үлэбит си-дьүгээр хаалбатын, дьоҥҥо туһалааҕын бэлиэтэ. Ити бастакытынан. Иккиһинэн — төһөнөн элбэх киһи билэр да, оччонон элбэх киһи кыттар. Онон күннүккүтүгэр (блогкутугар) кэмиттэн кэмигэр ахтар буолуҥ, элбэх дьоҥҥо туһаайан суруйар дуу этэр дуу буоллаххытына эмиэ бикипиэдьийэникыбытар буолуҥ. Манна оннук ахтыллыбыт түгэннэр тиһиктэрэ баар.
|
Уруулуу ситимнэр
Wikimedia Пуондата элбэх омук тылынан тахсар, көҥүл уларытыллар уонна туһаныллар хас да тус-туһунан бырайыактардаах:
|
- ↑ Всемирный день ди-джея - 9 марта. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2020
- ↑ День учителя в Ливане — 9 марта. История и особенности праздника в проекте Календарь Праздников 2010