1933
Перейти к навигации
Перейти к поиску
Сыллар |
---|
1929 1930 1931 1932 — 1933 — 1934 1935 1936 1937 |
Уоннуу сыллар |
1900-с 1910-с 1920-с — 1930-с — 1940-с 1950-с 1960-с |
Үйэлэр |
XIX үйэ — XX үйэ — XXI үйэ |
1933 сыл.
Түбэлтэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
- Сайын — Пеледуйга аал оҥорор верфь тутуута саҕаламмыт.
- Балаҕан ыйын 12 — Тиксиигэ Хоту муора уу суолунан Германияҕа оҥоһуллубут «Первая Пятилетка» диэн аал устан кэлбит.
- Алтынньы 29 — Алдан оройуонугар Лебединай рудник үлэҕэ киирбит.
- Ахсынньы 5 — Саха АССР Совнаркома «Дьокуускайга уу ситимин тутарга» диэн быһаарыы ылбыт.
Төрөөбүттэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
- Васильева Пелагея Васильевна — Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала, тыыл уонна педагогика үлэтин бэтэрээнэ.
- Кулун тутар 3 — Кузьмина Анна Ивановна, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, драма уонна киинэ артыыһа.
- Кулун тутар 10 — Волков Николай Николаевич, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, педагогика билимнэрин кандидата, Россия уонна Саха Сирин үтүөлээх тренерэ.
- Муус устар 25 — Захаров Петр Алексеевич, скульптор.
- Муус устар 27 — Федоров Василий Игнатьевич, история билимнэрин доктора.
- Ыам ыйын 1 — Третьяков Май Саввич, саха биллиилээх тутааччыта, РСФСР үтүөлээх тутааччыта.
- Ыам ыйын 12 — Максимов Дмитрий Кузьмич (1933—1995), искусствоведение кандидата.
- Бэс ыйын 22 — Ефремов Прокопий Елисеевич (1933—1992), саха уонна долган фольклорыгар специалист.
- Атырдьах ыйын 2 — Долгунов Василий Софронович, РФ уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, педагогика билимнэрин кандидата.
- Атырдьах ыйын 20 — Дадаскинов Степан Егорович, РСФСР уонна Саха АССР култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ, поэт уонна прозаик.
- Балаҕан ыйын 26 — Алексеев Иван Гаврильевич, поэт, драматург.
- Алтынньы 23 — Бочаров Виктор Иванович — Социалистическай Үлэ Геройа, техническэй билимнэр кандидаттара.
- Сэтинньи 14 — Слобожанин Николай Николаевич, Социалистическай Үлэ Геройа.
- Ахсынньы 22 — Сивцев Василий Тарасович, поэт, литератураны ырытааччы, тылбаасчыт, РФ уонна СӨ култуураларын үтүөлээх үлэһитэ.
Өлбүттэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
- Гоголев Степан Филиппович — саха бастакы революционердарыттан биирдэстэрэ, бөдөҥ советскай салайааччы.
- Ахсынньы 22 — Черных-Якутский Петр Никодимович (1882—1933), поэт.
- Ахсынньы 28 — Гоголев Степан Филиппович (1896—1933), Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта.